Уус Алдан тустууга чемпионата Байаҕантай хамаандатын кыайыытынан түмүктэннэ
Автор:
Петр Павлов | 10.02.2020
Бороҕоҥҥо, Н.Н. Тарскай аатынан спортивнай комплекска, улуус комплекснай спартакиадатын чэрчитинэн, көҥүл тустууга Уус Алдан биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионата ыытыллан түмүктэннэ. Быйылгы чемпионат уратытынан, бу иннинэ наар кыайар улуус киинин – Мүрү нэһилиэгин хамаандата спартакиадаҕа киллэриллибэтэ. Онон бу нэһилиэк спортсменнара хантан төрүттээхтэринэн көрөн, атын нэһилиэктэр ааттарыттан кытыннылар.
Спартакиада – спорт 15 көрүҥэр ыытыллар, бастакынан көҥүл тустуу көрүҥэр күрэхтэһии тэрилиннэ. Ол курдук, көбүөргэ улуус 14 нэһилиэгиттэн барыта 118 бөҕөс тахсан күөн көрүстэ. Кырдьык, билиҥҥи кэмҥэ ханна даҕаны, көҥүл тустууга улахан дьоҥҥо улуус чемпионатын бэлэмнээн уонна тэрийэн ыытыы улахан үлэни, түбүгү эрэйэр. Дьэ, маныаха, тустууга бэриниилээх улуус түс-бас дьоно өйдөрүн-санааларын холбоон, улуус дьаһалтатын, спорка тэрилтэтин, тустууга федерациятын күүстэринэн маннык күрэхтэһиилэри тэрийэллэр. Ол иһин, үөрүйэхтээхтэр диэххэ сөп. 2014 сылтан атын улуустарга ыҥырыы таһааран, көҥүл тустууга чемпионаты 100-чэкэ кыттааччылаах тэрийбиттэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Аны, сыыйа-баайа, чемпионат ыытыллар форматын өссө сэргэхситэргэ, сайыннарарга былааннаналлар.
Чемпионакка кылаабынай судьуйанан – норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа
Петр Соловьев үлэлээтэ. Күрэхтэһии тэрээһинин улуус спорка комитетын бэрэссэдээтэлэ, көҥүл тустууга Россия спордун маастара
Константин Давыдов, спортивнай комплекс дириэктэрэ
Виктор Портнягин, спорт үлэһитэ
Иван Ноговицын уонна улуус тустууга тренердэрэ сүүрэн-көтөн, бэлэмнээн ыыппыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Комментаторынан хаһыс да сылын
Александр Ушницкай эҥкилэ суох үлэлээн, дьоҥҥо-сэргэҕэ күрэхтэһии хаамыытын билиһиннэрдэ.
Чемпионаты, бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан, Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренерин эбээһинэһин толорооччу, РФ уонна СР спортарын маастара
Александр Савельевич Оконешников анаан-минээн кэлэн көрдө-иһиттэ. Киниттэн, буолан ааспыт күрэхтэһии туһунан санаатын этэригэр көрдөстүм.
–
Билиҥҥи кэмҥэ көҥүл тустууга улуус чемпионатын тэрийэн ыытыы ыарахаттардаах. Ону ол диэбэккэ, уус алданнар саҥа үйэҕэ сэттис чемпионаттарын тэрийэн ыыппыттара үөрүүлээх. Мин санаабар, хас биирдии улууска тустуу чемпионатын комплекснай спартакиада бырагырааматыгар киллэрэн ыытыахха сөп. Холобур, уус алданнар бары нэһилиэктэрин, олохтоохторун ахсаанынан, таһымнарынан икки бөлөххө арааран, тэҥ усулуобуйаҕа тэрийэллэрин астынным. Сүрдээх үчүгэй күрэхтэһии буолан ааста дии саныыбын. Көрөөччү даҕаны элбэх. Тустуук уолаттар бэйэлэрин төрөөбүт нэһилиэктэрин аатыттан, хамаанданан буолан, хас биирдии очукуо иһин туруулаһан туһуннулар. Сүрүннээн бары тэҥ таһымнаах тустууктар кытыннылар. Республика сүүмэрдэммит хамаандатыттан Петр Павлов, ону тэҥэ Виталий Эспек, Айсен Копырин тиийэн туһуннулар. Инникитин улуус чемпионатыгар өссө элбэх киһини тардар гына интэриэһинэйдик, саҥа таһымҥа таһааран, туох эрэ уратылаахтык тэрийэн ыыталларыгар баҕарабын. Итиэннэ маннык тэрээһини оҕолор, үөрэнээччилэр элбэх буолан кэлэн көрөллөрүн, устунан тустууну таптыылларын, тустууга сысталларын ситиһиэххэ наада. Мин санаабар, маннык практика хас биирдии улууска киириэн наада.
Икки көбүөрүнэн сытыы хапсыһыылар ыытылыннылар. Улуус чемпионата буолан, сүрүннээн ыччаттар уонна урут туста сылдьыбыт бэтэрээннэр, ону тэҥэ Уус Алдантан төрүттээх куоракка олорор, үөрэнэр ыччаттар кытыннылар. Онон омос көрдөххө, кэтэһэн-манаһан тустуу суох, кыттааччылар ыйааһыннарыттан тутулуга суох бырахсан күлүмнэтэн, көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Чемпионнар Виталий Эспек, Петр Павлов, Айсен Копырин, Артем Сивцев – былырыыҥҥы кыайыыларын хатылаатылар.
Чемпионат түмүгүнэн бастакы миэстэни
Байаҕантай нэһилиэгин хамаандата ылла. Иккис миэстэҕэ
Курбуһах хамаандата таҕыста. Үһүс бириистээх миэстэҕэ
Бэрт Ууһун хамаандата тигистэ. Хамаандалар кубогынан уонна грамоталарынан наҕараадаланнылар. Оттон ыйааһыннарыгар бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр – дипломнарынан, мэтээллэринэн уонна харчынан бирииһинэн бэлиэтэннилэр. Ити курдук, бастыҥ тустууктар: 61 киилэҕэ чемпионнаабыт
Егор Вензель уонна билигин да эдэрдии эрчимин ыһыкта илик
Захар Румянцев – улуус баһылыга А.В. Федотов, Ил Түмэн депутата Г.А. Васильев илиилэриттэн анал бириистэри туттулар.
Оттон спортивнай суруналыыс Эрхаан Константинов – төрөөбүт нэһилиэгин чиэһин көмүскээн билигин даҕаны ситиһиилээхтик туста сылдьар 36 саастаах
Евгений Новиковка уонна бу сырдатыы ааптара – Саҥа дьылга киирэн баран хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга улуус чемпионнарынан буолбут
Василий Местниковка, бэйэлэрин анал бириистэрин анаатылар.
Түһүлгэ саамай улахан ааттаах-суоллаах бөҕөһө, Сурдлимпийскай оонньуу чемпиона, спорт үтүөлээх маастара
Василий Стрекаловскай үчүгэй хапсыһыылары ыытан, сотору буолуохтаах Россия чемпионатыгар ситиһиилээхтик кыттарга суоттанар. Киниэхэ кыайыыны-хотууну баҕарыахха!
Чемпионат түмүк көрдөрүүтэ:
57 кг: 1. Никита Васильев (Курбуһах), 2. Владимир Захаров (Өлтөх), 3. Иван Максимов (Сыырдаах), Александр Степанов (Өлтөх).
61 кг: 1. Егор Вензель (Танда), 2. Константин Бурнашев (Өлтөх), 3. Егор Скрябин (Уһун Күөл), Александр Иванов (Дүпсүн).
65 кг: 1. Виталий Эспек (Тумул), 2. Илья Борисов (Кэптэни), 3. Сергей Иванов (Суотту), Петр Алексеев (Өлтөх).
70 кг: 1. Петр Павлов (Танда), 2. Василий Шалугин (Найахы), 3. Леонид Маслацов (Дүпсүн), Андриан Ильин (Уһун Күөл).
74 кг: 1. Михаил Сергеев (Тумул), 2. Афанасий Вензель (Танда), 3. Дьулустан Готовцев (Найахы), Дмитрий Петухов (Тумул).
79 кг: 1. Василий Стрекаловскай (Уһун Күөл), 2. Евгений Новиков (Суотту), 3. Иннокентий Портнягин (Танда), Алексей Андросов (Сыырдаах).
86 кг: 1. Айсен Копырин (Уһун Күөл), 2. Борис Иванов (Танда), 3. Станислав Горохов (Сыырдаах), Богдал Овичнников (Өлтөх).
92 кг: 1. Василий Местников (Сыырдаах), 2. Дьулустан Сыроватскай (Курбуһах), 3. Прокопий Андросов (Танда), Хусаин Музофаров (Найахы).
97 кг: 1. Артем Сивцев (Танда), 2. Егор Аммосов (Курбуһах), 3. Гарий Копырин (Уһун Күөл).
125 кг: 1. Эрчим Максимов (Танда), 2. Спартак Григорьев (Курбуһах), 3. Захар Румянцев (Сыырдаах), Артем Бурцев (Майаҕас).
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.