ИСТОРИЯ
ХХ үйэ быраҕыыта
Петр Павлов
01.01.2024
Тустууга таптал араас дьону кытта көрүһүннэрэр үгэстээх. Өрдөөҕүтэ, өссө Россия тустууга федерациятыгар үлэлиирин саҕана олимпийскай чемпион Роман Дмитриев көмөтүнэн Германия тустууга институтун профессора Харальд Тюннемантан уонна Манфред Мюллертан сэдэх хаартыскалары туппутум. Ол хаартыскаларга үйэҕэ биирдэ көстөр хапсыһыы көстөр, ол туһунан биллиилээх спортивнай суруналыыс Ян Дымов «И дружбой сильны богатыри» кинигэтигэр суруйбута.
Бу түбэлтэ — дьикти. Бу быраҕыытынан, Вильфрид Дитрих аан дойдуга, көҥүл тустуу курдук күөн көрсүү көрүҥэ кэрэтин көрдөрбүтэ.
Арҕаа Германияҕа Вильфрид Дитриҕы — тустуу хоруолунан ааттыыллар.
Кини бэйэтин дойдутун отут төгүллээх кыайыылааҕа, 19 төгүл Европа, аан дойду чемпионаттарыгар уонна Олимпийскай оонньууларга кыттыыны ылбыта.
Кини — Европа, аан дойду уонна Олимпийскай оонньуулар чемпионнара. Маны таһынан, Дитрих аан дойду түһүлгэлэригэр 2-тэ иккис уонна 2-тэ үһүс буола сылдьыбыта. Оттон Олимпиадаларга — иккитэ иккис уонна иккитэ үһүс миэстэлэри ылаттаабыта. Уопсайа, улахан таһымнаах күрэхтэһии 11 араас өҥнөөх мэтээлин хаһаайыннара. Ол гынан баран, кини муҥутуур ситиһиитинэн — биэс Олимпийскай оонньуу аҕыс (классическай уонна көҥүл тустуу көрүҥнэригэр) күрэхтэһиитигэр кыттыыта буолар. Дитрих олимпийскай марафонун 1956 сыллаахха Мельбурнтан саҕалаан баран, уон алта сылынан Мюнхеннааҕы 1972 Олимпиаданан түмүктээбитэ.
Тиһэх оонньуулар киниэхэ мэтээли аҕалбатахтара эрээри, Вильфрид Дитрих аата, кини дойдутугар ыытыллыбыт Мюнхеннааҕы Олимпиада историятыгар чиҥник киирбитэ. Баара-суоҕа биир быраҕыынан, биир албаһынан…
Дитрих бүтэһик хапсыһыытыгар кичэйэн туран бэлэмнэммитэ. Кини 39 саастааҕа, онтон улахан аҥаарын тустууга анаабыта. Күүһэ-уоҕа билигин да баара гынан баран, хамсаныыта бытаарбыт; былчыҥнара модьулар да, уруккутун, эдэр эрдээҕитин курдук буолбатахтар диэн суруйар Ян Дымов.
Кини табыллыбатаҕа. Сэрэбиэй күүстээхтэри кытта финалга буолбакка, эрдэ көрүһүннэрбитэ. Көҥүл тустууга күрэхтэһиитин Дитрих — венгр Иштван Мароцины уонна чех Олдржих Власегы ыраастык кыайталаан саҕалаабыта. Оттон үһүс эргииргэ Александр Медведькэ очконан хотторбута. Үс ыстырааптыыр очколаах. Онон билигин киниэхэ кыайыы эрэ наада. Хоттордо да, көрөөччүлэр кэккэлэрин хаҥатарга тиийэр. Ол гынан баран, кыайыы кэлэрэ саарбах этэ. Кин иннигэр Крис Тейлор баара…
Бу аарыма улахан киһи туһунан элбэхтэ суруйбуттара. Уонна барытыгар араастаан. Кини уҥуоҕун үрдүгүн сөпкө суруйаллар. Оттон ыйааһынын туһунан буккуур бөҕө: ким эрэ 180 киилэ диир, ким эрэ — 190, оттон үһүстэр – 200 киилэ дииллэр. Дьиктитэ диэн баар, кинилэр бары сөпкө суруйаллар. Америка сүҥкэн улахан бөҕөһүн ыйааһына 180 киилэттэн 200-кэ диэри халбаҥныыра. Ол эрэн, кини бэйэтин ыйааһыныгар холооно суох бэрт сымса этэ. Уһун тыыннаах этэ уонна утарсааччыларын атахха киирдэхтэринэ туох баар ыйааһынынан хам баттаан кэбиһэрэ. Александр Медведь бу маннык ньыматтан сатаан өрүһүммүтэ, оттон Дитрих кыайан тахсыбатаҕа. Баллынан хотторбута. Түмүгэр — бэһис эрэ миэстэ.
Баҕар классическай тустууга дьол тосхойоорой? Бэтэрээн — тустуу иккис олимпийскай көрүҥэр кыттарга быһаарыммыта. Дьылҕа хаан бу сырыыга эмиэ кинини Тейлоры кытта көрүһүннэрбитэ. Америка бөҕөһө кыайыытыгар бүк эрэллээх этэ. Көҥүл тустууга кини Дитриҕы холкутук, улаханнык илистибэккэ кыайбыта дии. Оттон классическай тустууга кыайара биллэр этэ. Тоҕо диэтэххэ, ыйааһын манна улахан оруолу ылар.
Тейлор утарсааччытыгар саарбахтаабакка кимэн киирэн испитэ. Швунгалыыра, умсарыта тарда сатыыра, ыйааһынынан көбүөр тас өттүгэр анньан таһаарара. Дитрих чугуйан испитэ, көҕө суох тустарын иһин усталлара чугаһаабыта…
Вильфрид Дитрих хотторор да түгэнигэр, хаһан баҕарар дьоһуннук тустара диэн олимпийскай чемпион Иван Богдан ахтарын аахпыттаахпын. Ол гынан баран, күлүү-элэк оҥостоллорун сөбүлээбэт этэ. Биир дойдулаахтара көрөн олордохторуна, 22 саастаах Тейлор кинини, 39 саастаах бэтэрээни, туох эрэ түү курдук көбүөртэн боруоста үтэйэн иһэрэ. Көрөөччүлэр күлсэн барбыттара, күлүү оҥостубуттара…
Эмискэ, көбүөргэ балаһыанньа көрүөх бэтэрээ өттүгэр тосту уларыйбыта. 110 кг ыйааһыннаах бөҕөс 200 киилэлээх утарсааччытын кууһан баран чохчойо түһээт кэдэрис гыммыта…
«Оо, тохтоо, эн сулустаах түгэн!» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Олле Сейболд диэн Стокгольм куоратын «Дагенс нюхатер» хаһыатын фотокорреспондена наадалаах кэмҥэ фотоаппаратын затворун баттаабыта. Биир ый буолан баран, бу түһэриитин аан дойдутааҕы спорт прессатын федерациятын жюрита, Мюнхеннааҕы Олимпиада бастыҥ хаартыскатынан билиммитэ уонна киниэхэ бастакы бириэмийэни туттарбыта.
Көрүҥ эрэ бу хаартысканы. Хайдах курдук, Дитрих Тейлор анныгар кыра курдук буолан көстөрүй! Курдук буолуо дуо? Көрүҥ эрэ, чахчы даҕаны американец аарыма сүүнэ улахан буолан салгыҥҥа ыйанан турарын. Дитрих илиитин тарбахтара нэһиилэ тиийэн киһитин курдуу кууспутун!
Атын хаартысканы көрүөххэ эрэ. Хайдах курдук сатабыл нааданый, хайдах курдук хорсун санаалаах буолан маннык кутталлаах санааҕа холонуохха сөбүй — кэдэрийэн баран бэйэҥ үрдүгүнэн маннык ыарахан киһини быраҕарга!
Санаан көрүҥ, бу атахха киирии буолбатах — бу, кимэн киирээччи кэдэрийэн барыҕыыта («мостига»). Билигин санаатахха, туох буолуо этэй, Дитрих бу албаһын ситэри оҥорботоҕо эбитэ буоллар?! Икки центнер ыйааһын кимэн киирээччини таах хам баттыа этэ. Улаханнык оһоллонуон да сөбө, киһи ол туһунан саныан да куттанар. Ол эрээри, хам баттаабатаҕа. Тейлор Дитрих үрдүнэн көппүтэ уонна кэтит көхсүнэн көбүөргэ «лис» гына түспүтэ. Икки сүүс киилэлээхтэр «мостикка» сатаан турбаттар!
Онон бу сөҕүмэр, киһи өйүгэр баппат быраҕыы буолар!.. Аны хаһан эмэ көбүөр ортотугар 22 саастаах 200 киилэлээх аһары улахан киһини утары 39 саастаах, киниттэн 90 киилэнэн чэпчэки киһи күөн көрсөрө саарбах. Бу маннык араастаһыылар оннооҕор тустууга сэдэхтик көстөллөр. Вильфрид Дитрих бу быраҕыытын тустууга «ХХ үйэ бастыҥ быраҕыытынан» мээнэҕэ ааттыахтара дуо.
Петр Павлов.