Борцы САХА (ЯКУТИИ)

wresv

Правление
Команда форума
IMG-20230922-WA0098.jpg
 

wresv

Правление
Команда форума
Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Бэлэм буол» сурунаалын балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Саха сирин үтүөлээх учуутала Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан сыһыарыы быһыытынан икки өртүлээх биһиги сүдү киһибит туһунан өҥнөөх плакаты бэчээттээн таһаарда. Кээмэйэ улахан, А3.

Плакат «Коркинныы олоруохха. Коркинныы айыахха» диэн инники сирэйигэр Дмитрий Петрович олоҕун кэрчиктэрэ, Саха Республикатын президеннэрэ М.Е. Николаев уонна В.А. Штыров сыанабыллара, Чурапчы спортивнай интернат-оскуолатын иитиллээччилэрин ситиһиилэрэ бэчээттэммит. Онтон иккис, «Коркин уолаттара» диэн сирэйигэр Дмитрий Петрович олимпиецтар Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов, номоххо киирбит Николай Захаров – Сахаачча, Вячеслав Карпов тустар ньымаларын, характердары туһунан сыанабыла болҕомтону тардар. Итиэннэ Д.П. Коркин иитэр, такайар ньыматыттан кылгас түгэннэр хаартысканан быһаарыллан бэриллибиттэр. Быһата, бэртээхэй таһаарыы буолбут!

Анал сыһыарыы Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай Албан аат түмэлин матырыйаалларыгар олоҕуран бэчээттэммит буолан, сыыппаралара-чахчылара барыта итэҕэтиилээх, оруннаах. Сүбэһитинэн түмэл научнай сотруднига А.П. Спиридонова буолбута махталлаах.

Бу анал плакаты илиибэр тутан олорон уруккуну санаатым. Оҕо сылдьан биһиги саҕана хас биирдии үөрэнээччи дьиэтигэр анал муннуктаах буолара. Мин оронум үрдүгэр истиэнэҕэ нэдиэлэтээҕи уруоктарым, куруһуоктарым расписаниетын таһынан хаһыаттан кырыйан ылан тустууктар, Роман Дмитриевтээх, Павел Пинигиннээх хаартыскаларын сыһыарар этим. Ол син биир, били таҥараһыттарга үҥэр-сүктэр иконаларын курдук, этэргэ дылы, күннэтэ сырдыкка, үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйа турдаҕа. Онтукам сааһыары саһаран, эбиитин сииктээх истиэнэҕэ сыстан хаалан буортутуйан, ол хомойуута буолара.

Ол саҕана ити «Кэскиллэр» курдук үчүгэй хаачыстыбалаах, өҥнөөх постердар да, плакаттар даҕаны суохтара. Көр, спорка, туох эмэ атын эйгэҕэ таптал итинник үөскүүр. Онтон сылтаан бэйэм спорду сырдатар киһи буолан таҕыстым. Билигин оҕолор биһиги олимпиецтарбытын билиэхтээхтэр. Онон «Бэлэм буол» бу 9 №-дээх сурунаалын тустуунан дьарыктанар оҕолор ылан, Д.П. Коркин туһунан анал сыһыарыыттан билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталларыгар, истиэнэҕэ сыһыаран күннэтэ көрө сылдьалларыгар баҕарабын. Онуоха бастатан туран төрөппүттэр көҕүлээн күүс-көмө, өйөбүл буолалларыгар эрэл улахан.

Сурунаалы Бэчээт дьиэтин «Кэскил» редакциятыттан, 213 кабинеттан ыйыталаһыаххытын сөп.

Петр ПАВЛОВ
IMG-20230923-WA0141.jpg
IMG-20230923-WA0142.jpg
 

wresv

Правление
Команда форума
*КУОРКУН оскуолата - ОЛОХ оскуолата*
Ааспыт үйэ 70-с сыллара.

Улуу тренер Д.П.Коркин уонна Чурапчытааҕы успуорт интэринээт- оскуолата ‍♀️♀️♀️ ол саҕанааҕы айымньылаах үлэтин ️сэһэргиир радиоочерк.

Өрөгөй чыпчаалын ситиспит чулуу олимпиецтар уонна үөрэх кыһатын 1975 сыллаахха бүтэрбит выпуск чаҕылхай холобура -
*Тэтим* *Саха араадьыйатыгар*

*Бүгүн, балаҕан ыйын* *24-с күнүгэр,*
*күнүс биир чаастан*⏰

Режиссер: Анна Пудова
Редактор: Альбина Тарабукина
 

wresv

Правление
Команда форума
️ Сегодня министр по физической культуре и спорту РС(Я) Леонид Спиридонов встретился с авторами книги и передачи, посвященных к 100-летию физкультурного движения в РС(Я)

К концу этого года выйдут новая книга о становлении и развитии физкультурного движения в республике и передача с интервью более ста спортсменов и работников спортивной отрасли

Книгу пишет директор Музея спортивной славы РС(Я) Михаил Друзьянов, а передачу готовит редактор спортивных передач НВК «ТЭТИМ» Саха радио Василий Посельский.

Пресс-служба Минспорта РС(Я)
IMG-20230926-WA0045.jpg
 

wresv

Правление
Команда форума
*Якутские спортсмены выступят на Азиаде 5 и 7 октября*

*На Азиатских Играх, которые стартовали 23 сентября в Ханчжоу (Китай), будут участвовать 12 500 спортсменов. Это больше, чем на Олимпийских играх в Париже-2024. Среди них якутские атлеты Айаал Лазарев и Сардаана Трофимова.*

 

wresv

Правление
Команда форума
Тустуу кыһата кэрэ бэлиэ күнүн көрсөргө бэлэмнэнэр
Петр Павлов
28.09.2023

Алтынньы саҥатыгар В.П. Керемясов аатын сүгэр Дьокуускай куорат 3 №-дээх оҕо спортивнай оскуолата тэриллибитэ 25 сылын туолар. Бу, бэйэтэ кэрэ бэлиэ түгэн. Ааспыт сыллары, үлэни-хамнаһы ырытыы, инники соруктары, былааннары туруоруу, бастыҥнары чиэстээһин үтүө кэмэ.

Билигин бу оскуола – куоракка, республикаҕа эрэ буолбакка, Россияҕа тиийэ бэйэтин үлэтинэн билиннэ диэтэхпитинэ сыыстарбаппыт буолуо. Бу оскуолаҕа элбэх чемпионнары, призердары иитэн-такайан таһаараллар.

Оскуола ситиһиилэрэ:

Ааһан эрэр 2023 сылга В.П. Керемясов аатынан Дьокуускай куорат 3 №-дээх спортивнай оскуолата республикаҕа буолбут хамаанданан күрэхтэһиилэргэ барытыгар эрэллээхтик бастаан, инники сирдиир, угуйар, күн уотуттан күлүмүрдүү оонньуур сиэдэрэй кубоктарынан наҕараадаланна.

Ол курдук, 18-гар диэри саастаахтарга Н.Н. Тарскай аатынан күрэхтэһиигэ, 16-гар диэри саастаахтарга Дмитрий Данилов аатынан күрэхтэһиигэ, Ньурбаҕа (12 ыйааһынтан – 6 чемпион), Саха сирин үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар, Боотурдар оонньууларыгар (17 чемпион) – барытыгар кыайыы, өрөгөй көтөллөннүлэр.

Оскуола бүгүҥҥү бастыҥнарынан “Азия оҕолоро” оонньуу, Россия призердара, Дальнай Восток, Саха сирин чемпионнара: Эрхан Куличкин, Дмитрий Павлов, Эрчим Жирков, Ариан Винокуров уо.д.а. буолаллар.

Оскуола күннэтэ тигинэччи үлэлиир. Ол курдук, бырагыраама быһыытынан үлэ күнүгэр сарсыардаттан чаастарынан араарыллан дьарык түөртэ тигинэччи ыытыллар. Дьарыктары үрдүк таһымнаах тренердэр салайан ыыталлар. Даҕатан эттэххэ, манна барыта куорат 570 оҕото тустуунан дьарыктанар, эрчиллэр.

Тэрээһиннэр:

Бу оскуолаҕа өрөбүл, сынньалаҥ диэн суоҕун кэриэтэ. Ол курдук, хас субуота, баскыһыанньа аайы араас таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Олох соторутааҕыта ССРС спордун маастара Борис Борисов кэриэһигэр, кини дьиэ кэргэнин көҕүлээһининэн бэртээхэй бириистэрдээх республикатааҕы турнир буолан ааспыта.

Ити курдук, бу саалаҕа – Дьокуускай куорат 7 уокуругун күрэхтэһиилэрэ сыллата ыытыллаллар. Оскуола тренердэрэ И.С. Кочкин уонна Е.И. Черкашин бириистэригэр күрэхтэһиилэр – саамай элбэх кыттааччыны түмэр күрэхтэһиилэринэн буолаллар. Ол курдук, аҥардас биир күрэхтэһиигэ 436 оҕо кыттан турар (!). Өссө Максим, Егор Крюковтар, Прокопий Федоров (Ньурба), Иван Николаевич Моисеев (Уус Майа) ааттарынан күрэхтэһиилэр бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттара.

Маны тэҥэ Дьокуускай куорат оҕолорго саастарынан араарыллыбыт күрэхтэһиилэрэ тэриллэр. Ону таһынан бэтэрээннэргэ көҥүл тустууга республика чемпионата эмиэ бу оскуолаҕа тиһигин быспакка буолар.

Үбүлүөйдээх сыл үлэһиттэрэ:

Иллээх коллективка опыттаах үлэһиттэри тэҥэ эдэр дьон үлэлииллэр. Ол курдук, дириэктэринэн Саха Республикатын физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна, хапсаҕайга спорт маастара Василий Васильевич Уйгуров үһүс сылын айымньылаахтык үлэлиир.

Дириэктэри үөрэх-иитии чааһыгар солбуйааччынан 2002 сылтан СР үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлээх үлэһитэ, РФ физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Николай Петрович Иванов; онтон дириэктэри дьаһалта-хаһаайыстыбаннай үлэҕэ солбуйааччынан көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ РФ спордун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастара Василий Николаевич Алексеев кыһамньылаахтык үлэлииллэр.

Оскуола старшай тренеринэн Россия спордун маастара, Бүтүн Россиятааҕы категориялаах судьуйа Вячеслав Александрович Кривошапкин, тренердэринэн – СР спордун маастара Станислав Егорович Афанасьев (өссө кини Дьокуускай куорат хапсаҕайга хамаандатыгар эппиэттээх), ССРС спордун маастара, СР үтүөлээх тренерэ Никита Николаевич Никифоров (көҥүл тустууга Дьокуускай хамаандатын сүрүн тренерэ), ССРС спордун маастара Михаил Михайлович Каженкин, РФ спордун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастара Николай Григорьевич Яковлев, СР үтүөлээх тренерэ, бэтэрээннэргэ аан дойду икки төгүллээх чемпиона Иннокентий Семенович Кочкин, ССРС спордун маастара Егор Иннокентьевич Черкашин (33 №-дээх оскуола тренерэ), ДЮСШ-3 бочуоттаах дириэктэрэ, бэтэрээннэргэ аан дойду чемпиона Федот Архипович Соловьев, тренердэр: Петр Петрович Черкашин уонна Иван Иванович Соркомов (иккиэн Мархаҕа), Бүтүн Россиятааҕы категориялаах судьуйа Виктория Семеновна Барашкова, СР үтүөлээх тренерэ Дмитрий Дмитриевич Томскай биир санаанан үлэлииллэр.

Өйөөччүлэр, күүс-көмө буолааччылар:

Сыл устата элбэх күрэхтэһиини тэрийиигэ, оҕолор күрэхтэһиилэргэ барыыларын-кэлиилэрин, лааҕыр үлэтин, о.д.а. тэрээһиннэри ыытарыгар өрүү күүс-көмө, өйөбүл буолар тэрилтэлэргэ, салайааччыларга оскуола коллектива улахан махталлаах.

Ол курдук, сүрүн көмөнү Ил Түмэн депутата Иван Иванович Данилов салайааччылаах «Строительнай» рынок, «Стройиндустрия» тэрилтэ (генеральнай дириэктэр Егор Петрович Неустроев), ИП Зырянов IRON маҕаһыын, Дьокуускай куорат спортивнай тустууга федерацията (президент Руслан Михайлович Платонов), киин куорат физическэй культураҕа уонна спорка управлениета (начальник Эдуард Васильевич Ефимов) оҥороллор.

Ити курдук, куорат 25 №-дээх оскуолата (дириэктэр Иван Юрьевич Захаров), 33 №-дээх оскуолата (дириэктэр Прокопий Дмитриевич Батюшкин), Марха оскуолата (дириэктэр Мария Николаевна Стручкова), 21 №-дээх оскуола (дириэктэр Лидия Николаевна Шарапова), араас сылларга оскуолаҕа эрчиллибит дьон о.д.а. өрүү көмөлөһөллөр.

Үбүлүөй тэрээһиннэрэ:

Алтынньы 1 күнүгэр өрөбүлгэ күнүс 12:00 чаастан – оскуола иһигэр үөрүүлээх түгэн буолуоҕа. ДЮСШ-3 үбүлүөйүнэн сибээстээн республикатааҕы телевидениеҕа уонна радиоҕа тахсыы тэриллиэ. Алтынньы 5 күнүгэр СР Правительствотын 2 №-дээх дьиэтигэр 25 сыллаах кэрэ бэлиэ түгэни үөрүүлээхтик бэлиэтээһин буолуоҕа.

Ону тэҥэ алтынньы 28-29 күннэригэр ДЮСШ-3 25 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах 2012-2013 сс. төрөөбүттэргэ Дьокуускай куорат көҥүл тустууга күрэхтэһиитэ уонна сэтинньи 24-25 күннэригэр В.П. Керемясов аатынан көҥүл тустууга киин куорат улахан дьоҥҥо чемпионата ыытыллыахтара.

25 сыллаах үбүлүөйгэ анаан Василий Васильевич Уйгуров уонна Федот Архипович Соловьев бэлэмнээһиннэринэн Дьокуускай куорат 3 №-дээх спортивнай оскуолатын историятын көрдөрөр, кэпсиир кинигэ оҥоһуллан таҕыста.

Петр ПАВЛОВ.
 

wresv

Правление
Команда форума
Айаал Лазарев индус Сумиттыын тустуоҕа

Кытай Ханчжоу куоратыгар Азия дойдуларын XIX сайыҥҥы спортивнай оонньуулара үгэннээн ыытылла тураллар. Бүгүн, бары ыйааһыннарга сэрэбиэй оҥоһулунна. Санатан эттэххэ, Азия оонньууларыгар көҥүл тустууга күрэхтэһии алта олимпийскай ыйааһыҥҥа ыытыллар.

Биллэрин курдук, аан дойду саамай элбэх киһи тоҕуоруһан олорор континенын тустууга күрэхтэһиитигэр ыарахан ыйааһыҥҥа биир дойдулаахпыт Айаал Лазарев кыттар. Кини Кыргызстан Республикатын чиэһин көмүскүүр.

Сэрэбиэйтэн көрдөххө, 125 кг барыта 15 бухатыыр кыттар. Биһиги бөҕөспүт үөһэ бөлөххө түбэспит. Кини маҥнайгы эргииргэ индус Сумиты кытта тустар. Онно ким кыайбыт финал чиэппэригэр Азия чемпиона, аан дойду чемпионатын икки төгүллээх призера монгол Мунхтуру кытта киирсиэ. Сумит сааһа 30-та, Азия чемпионатын үрүҥ көмүс призера (2017), Содружество оонньуутун кыайыылааҕа (2018). Соторутааҕыта Белградка буолбут аан дойду чемпионатыгар японец Ямамотоны кыайан баран, поляк Бараҥҥа хотторбута.

Өссө, үөһэ бөлөххө японец Ямамото, кореец Юнг, узбек Рахимов бааллар.

Бу ыйааһын бастыҥынан соторутааҕыта аҕай аан дойду икки төгүллээх чемпионунан буолбут иранец Амир Зарены ааттыахха сөп. Кини аллараа бөлөххө баар.

Айаал ити индуһу кытта 2021 сыллаахха Софияҕа (Болгария) ыытыллыбыт аан дойдутааҕы Олимпиадаҕа сүүмэрдиир турнирга көрсөн турар. Онно 2:2 ахсааҥҥа, кыайыыны Сумит ситиспитэ. Ол эрээри, сотору кэминэн Сумит көҥүллэммэт препараты туттубута биллэн, икки сыл күрэхтэһэр көҥүлэ быһыллыбыта. Онон Токиотааҕы Олимпиадаҕа биһиги бөҕөспүт киллэриллибитэ.

Соторутааҕыта Белградка ыытыллыбыт аан дойду чемпионатыгар иранец Заре бастаабыта, Айаал Лазарев үс эргиир тустан 9-с миэстэни ылбыта. Сумит 17-с, Мунхтур 19-с, Ямамото 20-с, туркмен Сапаров 26-с, казах Батырмурзаев 29-с миэстэлэргэ хаалбыттара. Бу сырыыга хайдах буолар?

Айаал Азия оонньууларыгар үһүс кыттыыта. Бу иннинэ 2010 уонна 2014 сс. ыытыллыбыт оонньууларга туьааннаа5ыан 8-с, 9-с миэстэлэммитэ. Киниэхэ ситиһиини баҕарабыт. Туох ханнык үһүстээх!

Азия оонньууларын

Азия оонньууларын бырагырааматын быһыытынан алтынньы 6 күнүгэр – 57 уонна 65 кг ыйааһыннаахтар тусталлар уонна кыайыылаахтар быһаарыллаллар. Сарсыныгар, алтынньы 7 күнүгэр – 74, 86, 97 уонна 125 киилэлээхтэр тусталлар уонна тута финаллар буолаллар.

Петр ПАВЛОВ.
 

wresv

Правление
Команда форума
Айаал Лазарев выйдет на ковер Азиатских Игр ‍♂️

Завтра в субботу, 7 октября, якутский борец в в/к до 125 кг Айаал Лазарев, представляющий сборную Республики Кыргызстан, начнет борьбу на «Азиатской Олимпиаде»

В его весовой категории заявлены 15 борцов. В первой схватке Айаал сойдется с Сумитом Сумитом из Индии

Предварительные поединки начнутся в 11:00 по якутскому времени. Финалы запланированы в 18:00

@triumphsakha
Пресс-центр РЦСПСК «Триумф»
 

wresv

Правление
Команда форума
Айаал Лазарев
Спортивная карьера

Бронзовый призёр Азиатских игр 2023,
Бронзовый призёр Кубка мира (2020),
Чемпион Азии (2015), серебряный призёр чемпионата Азии (2021),
бронзовый призёр чемпионатов Азии (2010, 2013, 2016).
Участник Олимпийских игр 2016 года в Рио-де-Жанейро (15-е место).
Участник Олимпийских игр 2020 года в Токио (16-е место).
Чемпион Кыргызстана (2011, 2015, 2020).
Чемпион России среди студентов (2008).
 

wresv

Правление
Команда форума
Юниорская сборная Якутии по вольной борьбе едет в Краснодар ‍♂️

Стал известен состав сборной Республики Саха (Якутия) на Всероссийский турнир по вольной борьбе памяти двукратного призера Олимпийских игр, четырехкратного чемпиона мира Бесика Кудухова. Турнир проводится среди юниоров до 21 года ‍♂️

В состав сборной Якутии под руководством главного тренера по юниорам Василия Прокопьевича Неустроева в этом году вошли 26 борцов. Наибольшее количество участников традиционно заявлено в в/к до 57 кг – 9 борцов. Среди них чемпион апрельского Первенства России U-21, серебряный призер Первенства России U-23 Лев Павлов.

Напомним, в прошлом году у сборной Якутии в этом соревновании одна медаль. Ее завоевал Лев Павлов – в финале он уступил Имаму Умарову из Дагестана.

️ Турнир проводится на два месяца раньше, чем в прошлом году. Соревнование начнется на следующей неделе, с 10 по 14 октября в городе Краснодар.

Программа:
10 октября – день приезда, жеребьевка всех в/к

11 октября – с 17:00 (якт) предварительные и полуфинальные схватки в в/к: 57, 65, 74, 86, 97 кг

12 октября – с 17:00 утешительные (57, 65, 74, 86, 97 кг), предварительные и полуфинальные схватки в в/к: 61, 70, 79, 92, 125 кг;
с 23:30 финальные встречи в в/к: 57, 65, 74, 86, 97 кг

13 октября – с 17:00 утешительные и финальные встречи в в/к: : 61, 70, 79, 92, 125 кг

С составом нашей сборной можете ознакомиться выше, на прикрепленной фотографии

@triumphsakha
Пресс-центр РЦСПСК «Триумф»
 

wresv

Правление
Команда форума
Поздравляю младшего брата Айаала Петровича, отца Петра Васильевича, якутских и киргизских тренеров, особенно Сивцева Ивана Николаевича с очередным высоким достижением - бронзовой медалью Азиатских игр 2023!

Этот успех еще раз подтверждает высший класс спортсмена - звание заслуженного мастера спорта. А также показывает потенциал Айаала Петровича - вернувшись на ковер после длительного перерыва (травма, операция), в достаточно короткое время сумел набрать такую форму, позволившую войти в четверку сильнейших континента Азии. Отметим, что за бортом призеров в этой престижной супертяжелой категории остались призеры чемпионатов Мира, Азии. Схватка в бронзовом финале с Рахимовым Хасанбоем (Узбекистан) получилась яркой и запоминающейся - Айаалу удалось сбить в партер и провести накат на последних секундах поединка. Волевая победа Айаала над опытным спортсменом, занимавшим призовое место на чемпионате Мира 2019 (см. отрывок схватки Азиатские игры 2023 Айаал Лазарев vs Хасанбой Рахимов.. ) порадовала якутян.

Интересно, что отцу приснилась накануне соревнований мать (из Тонкого мира). Как он сам говорит - это придало внутреннюю уверенность в том, что Айаал успешно выступит.

Лазарев Н.П., к.м.с. по в/б, д.ф.-м.н.

Более подробно о выступлении написано в Айаал Лазарев: тяжелейшая работа не прошла даром — Yakutia-Daily.ru — свежие новости Якутии и Якутска – все важное и интересное
 
Сверху